Технология уруогар араас сатабылы ылабыт. Быйыл кыьынны каникулбут кэмигэр илиинэн оноьукка оссо биир кэрэни биллибит. Бу декупаж диэн. Маны биьиэхэ СВФУ студена Александра Егоровна Говорова уорэттэ. Декупаж диэн французскай тыл эбит. Тылбааьа – кырыйыы диэн. Борустуойдук ойдоотоххо, араас ойуулаах анал салфеткалары, чараас кумаа5ыны кырыйан сыьыарыы корунэ.
Бастаан тэрилбитин бэлэмниибит. Биьиги тэриэлкэлэри киэргэппиппит. Маннай талбыт ойуубутун кырыйан былаанныыбыт. Бу кэнниттэн сымна5ас киистэнэн ПВА клейинэн сэрэнэн сыьыарыбыт, салфеткабыт чараас буолан хайдыан, имиллиэн соп. Оскотун салгын олорон хаалбытын кыайан тута коннорботоххунэ, кууран истэ5инэ иннэнэн тэьиэххэ соп. Оноьукпут клейэ куурбутун кэннэ оно суох лаа5ынан сотобут.
Бу корунунэн тугу ба5ар киэргэтиэххэ соп эбит. Холобура, эргэрбит миэбэли кырааскалаан баран декупажтыахха соп, оссо крекилюрнай диэн лаа5ынан соттоххо хайыта барбыт коруну биэрэр.
Бу дьарык кэнниттэн 5-с кылаас уорэнээччитэ Сайыына Дьяконова аймахтарыгар тэриэлкэ киэргэтэн бэлэхтээн уордубут. Эдьиийэ, 9-с кылааска уорэнэр Дора Дьяконова сотовай телефонун киэргэппит. 8-с кылааска уорэнэр Ангелина Гуляева хоьун миэбэлин тупсарбыт, онтон Сииттэттэн кэлэ сылдьар Сардаана Гуляева эбэтин дьиэтигэр иьиттэри киэргэтэн астыннарбыт.
Онон, каникулбутун туьалаахтык атаардыбыт.
Кэбээйи улууьун Н.Х.Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын
7-с кылааьын уорэнээччитэ Архипова Дора
«Ураанхай» пресс тумсуу.
|