экономическай наука кандидата,
Саха АССР тыатын хаhаайыстыбатын
утуолээх улэhитэ.
Идэттэн уустугун талбыккын
Учуутал бастына буолбуккун
О5о - дьон тапталын ылбыккын
Yйэлээх олоххо хаалбыккын.
2002 сыллаахтан Тыайа орто оскуолата Назар Харлампьевич Дьяконов аатын сугэр.
Назар Харлампьевич Дьяконов 1925 сыллаахха алтынньы ый 10 кунугэр «Кыhыл Сулуска» торообутэ. Yөрэххэ, билиигэ-коруугэ ба5алаах буолан, Кэбээйи 7 кылаастаах оскуолатын 1942 сыллаахха ситиhиилээхтик уорэнэн бүтэрэр. Салгыы учууталлар курстарыгар, педагогическай училище5а уорэнэн, математика учууталын идэтин ылан, торообут Кэбээйитин сиригэр улэлии кэлэр. Сииттэ5э, Кэбээйигэ, Мукучуга, Тыайа5а математика учууталынан айымньылаахтык, таhаарыылаахтык улэлиир.
Киэн билиилээх, дэгиттэр талааннаах, о5олорго истин сыhыаннаах буолан, бэйэтин туhунан уорэнээччилэригэр утуо ойдоболу хаалларбыт.
Назар Харлампьевич улэтигэр эппиэтинэстээх, кыhамньылаах, ирдэбиллээх учуутал этэ. Уруоктара интэриэhинэйдик, о5о бол5омтотун тардар, оло5у кытары ыкса сибээстээх буолалларын уорэппит о5олоро билигин да5аны истинник ахталлар.
Назар Харлампьевич кэргэнэ Федора Ивановна Никонованы кытта 1940-50 сылларга Тыайа оскуолатыгар улэлээбиттэрэ. Федора Ивановна V кылааска нуучча, саха тылларын, ботаниканы, географияны, Назар Харлампевич математиканы уорэтэллэрэ. Туhааннаах улэлэрин таhынан, нэhилиэк оло5ор кохтоохтук кыттаннар олохтоохтор убаастабылларын ылбыттара.
Назар Харлампьевич 1950-52 сылларга Дьокуускайдаа5ы учительскай институт физико-математическай факультетын туйгуннук уорэнэн бутэрэр. Кэбээйитээ5и уорэх салаатыгар, райсоветка, райисполкомна, обкомна ор сылларга таhаарыылаахтык улэлээбитэ. Yлэлиир кэмигэр науканан дьарыктанан 1982 сыллаахха экономическай наука кандидата буолбута. 50-тан тахса научнай улэ автора.
1963, 1967 сылларга Саха АССР Верховнай сэбиэтин депутатынан талыллан улэлээбитэ. Yлэтигэр ситиhиитин иhин элбэх на5араадалаах. 1985 сыллаахха «Саха АССР тыатын хаhаайыстыбатын утуолээх улэhитэ» бочуоттаах аат иңэриллибитэ.
2002 сыл бэс ыйын 24 кунунээ5и СР президена В.А. Штыров 364 нуомэрдээх уураа5ынан, Тыайа орто оскуолатыгар киэн туттар биир дойдулаахпыт Н.Х. Дьяконов аата инэриллибитэ.