МБОУ "Тыайинская СОШ им. Н.Х. Дьяконова"
Меню сайта

Форма входа

Календарь
«  Ноябрь 2013  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930

Архив записей

Друзья сайта

Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Приветствую Вас, Гость · RSS 03.12.2024, 20:51

Главная » 2013 » Ноябрь » 30 » П.А. Ойуунускай 120 сааһыгар ананар
07:28
П.А. Ойуунускай 120 сааһыгар ананар

Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, бөдөҥ общественнай деятель, политик, саха литературатын үс жанрыгар үһүөннэригэр үлэлээбит улуу суруйааччы.

П.А.Ойуунускай хас биирдии саха киһитин, хас биирдии саха норуотун кытта ыкса сибээстээх, сүнкэҥ суолталаах киһи буолар.

Биһиги Тыайалар үбүлүөйдээх улуу киһи аатын үйэтитэн оҥорбут кылааппыт дьиҥинэн кырата суох эбит. Ол курдук соторутаа5ыта тахсыбыт президеммит уураа5ын аа5абыт: «СР Президенин  2295 нүөмэрдээх  2013 сыл сэтинньи 8 күнүнээ5и ыйаа5ынан саха литературатын сайдыытыгар ситиһиилэрин, «Чыҥыс-Хаан ыйаа5ынан», «Улуу Хууннар» курдук сүнкэн суолталаах айымньылары суруйбутун иһин П.А.Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ лауреата аата иҥэриллэр саха народнай суруйааччытыгар, СР духуобунаска Академиятын вице-президенигэр, РФ культуратын үтүөлээх улэһитигэр, СР бочуоттаах олохтоо5ор Николай Алексеевич Лугиновка». Билэрбит курдук, кини билигин бу суруйааччы аатынан литературнай музей директорынан үлэлиир. Биһиги бу сонуну истэн үөрдүбүт. Таптыыр суруйааччыбытыгар, биир дойдулаахпытыгар истиҥ э5эрдэбитин тиэрдэбит.

Саха бастакы идэтийбит композитордарыттан биирдэстэрэ Тыайаттан төрүттээх З.К.Степанов «Уруйдан, олонхо дойдута!»-ораториялаах, «Ойуунускайдыын көрсүһүү» диэн кантаталаах.  Бу туһунан 11 кылаас үөрэнээччитэ Эверстова Вика «П.А.Ойуунускай ырыа буолбут айымньылара» диэн дакылаат суруйа сылдьар.

Эмиэ Тыайаттан төрүттээх скульптор, педагог  П.А.Захаров улуу суруйааччыга  анаан оҥорбут  улэлэрдээх. Онтон бары билэрбит- Саха театрын аттыгар турар улахан памятнига буолар. Бу памятнигы оҥорбутугар киниэхэ норуодунай художник аатын иҥэрбиттэрэ. П.А.Захаров оло5ун, айар үлэтин үөрэтэн, ырытан 11 кылаас үөрэнээччитэ Сахаайа Тарасова үһүс сылын дакылаат суруйан республика, улуус араас таһымнаах научнай аа5ыыларыгар кыттар. П.А.Захаров биир  үөрэнээччитэ биһиги оскуолабытыгар уруһуй уонна технология уруогун үөрэтэр учуутал Старостин Егор Гаврильевич буолар.

 Платон Алексеевичка аналлаах тэрээһиннэр биһиги улууспутугар 1993с 100 сыллаах юбилейыттан са5аламмыттар. Улуу суруйааччыга анаан мин эһээм, Николаев А.С. "Сүдү киһиэхэ сүгүрүйэн” диэн туойбут тойуга "Лена долгуннара” кинигэҕэ киирбит.Ол сыл биһиги оскуолабытыгар Кэбээйи, Танара, Сангар, Арыктаах оскуолаларыттан талыллан, бастакы делегация, Таатта Чөркөө5өр баран литературнай тэрээһиҥҥэ кыттан кэлбиттэр эбит. Олор истэригэр биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ Дьяконова Надя, (билигин Григорьева Надежда Егоровна дьиэ хаһаайката), Лугинова Варя, (билигин Варвара Семеновна Сангар бөһүөлэгин балыыһатыгар терапевынан үлэлии-хамсыы сылдьар) Таатта5а баран тойукка кыттан бириистээх миэстэ5э тиксэн кэлбиттэр. Ити сыл биһиги оскуолабытыгар ыытыллыбыт мероприятия5а национальнай культура уонна музыка  учуутала Килижекова Матрена Павловна уонна саха тылын, литературатын учуутала Старостина   Саргылана Афанасьевна уонна Варвара Иннокентьевна Попова (Билигин Сангарга алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлиир) буолан, сүрдээх өр сыралаһан, «Туйаарыма Куо» олоҥхону туруорбуттар. «О5олор олус эппиэтинэстээхтик сыҺыаннаспыттара»-диэн тэрийээччилэр ахталлар. Ол курдук биир эмиэ улахан суруйар талааннах, айар дьо5урдаах Василиса Климентьевна уола Попов Вася  «Ньургун Боотур» оруолун толороругар уҺун ба5айы текси барытын нойосуус үөрэтэн барыларын сөхтөрбүтүн туһунан кэпсииллэр. (Онноо5ор атынан муус тиэйэ сылдьан үөрэтэр тылларын тексин хоонньугар уктан үөрэтэ сылдьарын чугас дьонноро кэпсииллэрэ). Ноговицын Валентин «Yрүн Уолан» буолбут. Саамай итэ5этиилээхтик уонна тойуктары ыраастык толорон Дьяконова Надя, Лугинова Варя дьон хай5абылын ылбыттар эбит.   Оруолга олох дьиҥнээхтик киирэн Варвара Семеновна  Туйаарыма Куо ытыыр ырыатын толороругар, хара5ыттан уу-хаар баһан, көрөөччүлэргэ бэйэтин оруолун олус чугастык ылыннарбытын билигин да дьон сө5өн- махтайан кэпсииллэр. Уот Уһутаакы оруолун толорбут Татаринов Дима «Щепкин аатынан театральнай училище5а» киирэригэр оскуола5а толорбут оруолун оонньообутун үөрэхтэрин бүтэрэн баран манна кэлэ сылдьан, "щепкинецтэр” кэпсээбиттэрин билэбит. Кини билигин Саха театрын артыыһа. Кыыс Кыскыйдаан оруолун Аргунов Алеша5а толотторбуттар. Алеша ЯПК музыкальнай отделениетын бүтэрбит. Билигин Горнай Бэрдьигэстээ5эр администрацияҕа салайар үлэҕэ үлэлиир. Бу олоҥхо5о Сабыйа Баай хотун оруолун М.И.Алексеева, Саха Саарын тойону А.С.Николаев толорбуттар. Билигин М.И Алексеева бочуоттаах сынньалаҥҥа Дьокуускайга олорор.

Суруйааччы 110 сылыгар аналлаах тэрээһин эмиэ манна буолан испит. «Мин тохтор тойугум чугдаарыа, мин тылым дьэ ордук сатарыа» о5о кини айымньытын бүгүҥҥү хара5ынан көрүүтүн суругунан үлэтин тылынан көмүскүүр күрэххэ Гуляева Аня 1 миэстэни ылбыт. Кини аата билигин Никонова Анна Егоровна диэн. Биһиги оскуолабытыгар нуучча тылын, литературатын үөрэтэн үлэлии-хамсыы сылдьар. Ол са5ана презентация диэн буолбатах, эпилента көмүскээһинэ диэн күрэх баар эбит. Ону 10 кылаас үөрэнээччитэ Полятинская Мотя көмүскээбит. Оттон «П.А.Ойуунускай туһунан мин билиим» күрэххэ маҥнайгы миэстэни Попов Айсен ылбыта, кинилэр билигин куоракка үлэлии сылдьаллар. «Дьиҥинэн, ол тэрээһиннэ ырыа-тойук күрэ5ин бэлэмнээбиппит эрээри бэрт мөкү быһыы тахсан бу мероприятие тохтотуллубута»- диэн Матрена Павловна кэпсиир.

Олонхо шедевр быьыытынан ЮНЕСКО-5а биллэриллибитигэр, «Олонхо үүнэр- сайдар кэскилбит» бырайыак чэрчитинэн, «Туйаарыма Куо» олоҥхону биһиги оскуолабытыгар иккистээн үөрэнээччилэр уонна учууталлар күүстэринэн туруорбуттар. Олонхону аа5ааччы - Женя Аргунов (ХИФУ ГФ студена), Ньургун Боотур- Сеня Аргунов (Красноярскайга нефть, гаас институтун 4 курсун студена), Туйаарыма Куо- Саяна Кондакова (Математика , информатика институтун бүтэрбитэ), Уруҥ Уолан- Володя Дьяконов (Арктикатаа5ы культура институтун выпускнига), Уот Уһутаакы- Андрей Попов (ХИФУ юридическай колледжын бүтэрбитэ), АйыыУмсуур уда5ан- Вера Николаева (саха тылын учуутала), Кыыс Кыскыйдаан оруолун- Люся Баишева (Намнаа5ы педагогическай училищены бүтэрбитэ) толорбуттар. «Иэйии» хомус ансаамбыла (салайааччы- Килижекова М.П.) орто дойду айыллыытын дьүһүйбүтэ . Бу олонхоттон быһа тардыыны  олоҥхо дьиэтэ үлэ5э киирэригэр көрдөрбүттэр, НВК- 5а о5олор интервьюлара, олоҥхоттон быһа тардыылара хаста да көрдөрүллүбүттэрэ.

   Туох да мөккүөрэ суох, П.А.Ойуунускай үлэтин тар5атарга саамай үгүс үлэни көрсөөччүлэр бу саха тылын, литературатын учууталлара буолаллар. Бары бэркэ билэр поэппыт И.Р.Петров биһиэхэ саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлии сылдьан, Ойуунускайы «норуот өстөө5ө» диэн буруйдаабыттарыгар, кини кинигэтин харыстаан кистээн кэбиспитин булан, сымыйа буруйдааһыннарыгар өссө хос буруй эбэннэр 58 ыст., «норуот өстөө5ө» аатыран 10 сылга эрэйи – муҥу көрбүтүн бары билэбит.

  Эмиэ биир маҥнайгы  учууталынан педагогическай үлэ ветеранын, үтүөлээх учууталы Дьяконова А.И. ааттыахха наада. Кини Н.Лугиновтан са5алаан биһиги учууталларбыт көлүөнэтин барыларын үөрэппит учуутал буолар.  Кини кэнниттэн манна саха литературатын М.И.Алексеева, З.В.Татаринова үөрэппиттэр. Кинилэр кэннилэриттэн С.А.Старостина, Л.К.Полятинская- бары да5аны идэлэригэр бэриниилээх үтүөкэн учууталлар үлэлииллэр. Кинилэр кэннилэриттэн саха тылын, литературатын учууталын үөрэҕин Никонова А.Е., Федорова В.В., Старостина Я.Е., Захарова М.А. бүтэрбиттэрэ...

Бу күннэргэ биһиги оскуолабытыгар саха советскай литературатын төрүттээччи, общественнай- политическай деятель П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах «П.А.Захаров П.А.Ойуунускайга оҥорбут уһулуччулаах үлэлэрэ» тиэмэннэн декада ыытылынна. «П.А.Ойуунускай- П.А.Захаров айымньыларыгар», «П.А.Ойуунускай- норуот чулуу уола, кэрэ киһитэ»- презентациялар оноһулуннулар.  «О5о куйуурдуу турара» киинэ көрдөрүлүннэ. «П.А.Ойуунускай П.А.Захаров айар үлэтигэр»-1-4 кылаастарга, «Улуу киһини үйэтитэн»- 5-6 кылаастарга, «П.А.Захаров П.А.Ойуунускайга анаабыт уһулуччулаах үлэлэрэ»-7-8-кылаастарга, «Кэм- кэрдии уонна скульптор» 9-11 кылаастарга уруоктар, кылаас чаастара ыытылыннылар. Манна 11 кылаас үөрэнээччитэ Сахаайа Тарасова «П.А.Ойунский в творчестве П.А.Захарова» дакылаата улахан көмө буолла. Нэһилиэккэ ыытыллар үлэлэри библиотекарь Кондакова Е.Е кэпсээтэ. Кыраайы үөрэтэр музей куруһуогун салайааччыта М.П.Килижекова «П.А.Ойуунускай уонна Тыайа»  диэн тиэмэ5э иһитиннэрии оҥордо. О5олор олоҥхону толорууларын быһа тардан көрдөрдө. «П.А.Ойуунускай кэхтибэт кэрэкэ тыллара…» Толкуйдаа, Оонньоо, Тобул (ТОК) ( Никонова А.Е., Федорова В.В.-ыыттылар) оскуола үлэһиттэригэр анаммыт оонньуу ыытылынна, күрэххэ Гуляева Д.И. кыайыылаа5ынан та5ыста. Декада иһинэн Ойуунускай нууччалыы тылбаастаммыт айымньыларынан аа5ааччылар күөн күрэстэрэ, «Алгыстаах айымньылар аартыктарынан» -7-8 кылаастар, П.А.Ойуунускай кинигэлэринэн быыстапка оноһулунна.

Мин санаабар, бу биһиги бөһүөлэкпитигэр да буоллун, оскуолабыт иһинэн да буоллун маннык үлэлэр ыытыллалара олус үчүгэй, то5о диэтэр биһиги улаатан эрэр ыччат маннык улуу киһи айар үлэтин, тус оло5ун кытта билсэн элбэ5и билэбит, көрүүбүтүн (кругозорбутун)  кэҥэтэбит. Уонна бу биһиги иннибитинэ үөрэнэ сылдьыбыт эдьиийдэрбититтэн, убайдарбытыттан холобур ылан, өссө да5аны маннык элбэх үлэ5э кыттан, учууталарбытыгар көмөлөһөн күүс-көмө буолуохтаахпыт. Инники өттүгэр кэлэр ыччаттарбыгар эмиэ маннык өйдөбүллэри хаалларыах тустаахпыт.

Онон суруйааччы эппитигэр дылы: «саха тыла үөрэтиллэрин, саха тыллаах баарын тухары, кини аата ааттаныа», кини үлэтэ өссө үөрэтиллиэ диэн тылынан бүгүҥҥү ыстатыйабын түмүктүүбүн.

 

Дьяконова Марианна, Н.Х.Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, 

кыраайы үөрэтэр куруһуок иитиллээччитэ.

 

   

  

 


Просмотров: 1527 | Добавил: sckola | Рейтинг: 2.0/1
Всего комментариев: 0
Имя *:
Email *:
Код *:
Copyright MyCorp © 2024
Сделать бесплатный сайт с uCoz