Сэтинньи ый 25 күнүгэр оскуола Айыы бала5аныгар Олоҥхо күнүгэр аналлаах «Олоҥхо - сайдар кэскилбит» олоҥхону толорууга күөн күрэс буолан ааста. Сахалыы таҥаһы сайбаарыччы кэппит олоҥхо5о кыттар о5олор, ону кытта төрөппүттэр, учууталлар, үгүс көрөөччүлэр мустан кыттааччылар биллэ долгуйдулар, эмиэ да дьон элбэх мустубутуттан дуоһуйдулар. Тэрээьини саха тылын уонна литературатын учуутала В.В. Федорова иилээн-са5алаан ыытта. Үгэс курдук олоҥхону толорууну алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ са5алаатылар. Мэниктэрин- тэниктэрин умнан, сахалыы оһуордарынан ойуу анньыллыбыт мааны таҥастарын кэтэн, дьоһумсуйан олорон төрөөбүт тыл ойуулуур- дьүһүннүүр кыа5ын уобараска киирэн араастаан туттан хаптан этэн - тыынан барбыттара ураты кэрэ көстүү диэтэ5ин. Күрэх аата күрэх. Олоҥхону бөлө5үнэн толорууга «Кугас аттаах Нуо5алдьын Дьа5арыма Тойон Бухатыыр» олоҥхону толорон үһүс кылаас уолаттара (кылаас салайааччыта Кондакова М.П) ордук бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Ону кытта даҕаһан иккис кылаас үөрэнээччилэрэ (учуутал-Полятинская М.Г.) «Күөнэ кө5өччөр аттаах Күн Күндүлү Бухатыыр» олоҥхону турукка киирэн бэрт итэ5эллээхтик толордулар.
Орто сүһүөх кылаастарга бэрт кыра эрдэ5иттэн сахалыы ырыа5а- тойукка, хомуска, олоҥхо5о дэгиттэр талааннаах 8 кылаас үөрэнээччитэ Надя Дьяконова туох да мөккүөрэ суох инники күөҥҥэ та5ыста. Бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхону бөлөҕүнэн толорон иккис миэстэҕэ, 6 кылаас үөрэнээччилэрэ «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхону толорон 3 миэстэ5э тигистилэр.
Үрдүкү кылаастарга онус кылаас үөрэнээччилэрэ «Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо» (кылаас салайааччыта Дьяконова А.И.) олоҥхону бөлө5үнэн толорон бастакы миэстэни ылыахтарын ыллылар.
Олоҥхо күрэҕин быыһыгар хомус ансаамбыла (салайааччы Килижекова М.П.), биирдиилээн хомусчуттар күрэхтэрэ буолан ааста. Бу да сырыыга Надя Дьяконова хомуска охсуу араас кистэлэҥнэрин, албастарын таба арыйан бастакы миэстэ5э та5ыста.
Дьиҥэр олонхону соҕотох киһи толоруохтааҕа өйдөнөр суол. Ол эрээри билиҥҥи үйэҕэ, олоҥхоҕо интэриэһи тардаары, бөлөҕүнэн, драматическай спектакль, мюзикл быһыытынан толоруу эмиэ биһирэниллэр. Ити чааһыгар, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ туруорбут “Үс үүт күрүөнү үрдүнэн көстөр Үрүмэччи маҥан аттаах Үрүлү Бэргэн Бухатыыр” (11 кылаас) уонна “Ньургун Боотур” (4, 9 кылаастар) олонхолоро мөккүөрү таһаарыахтарын таһаардахтара...
Олоҥхону толорорго уһуйар искусство5а, саха өйүн - санаатын, толкуйун, ис туругун, итэ5элин, сиэрин- майгытын барытын таба тутан үөрэтэргэ учуутал эрэ буолбакка дьиэ кэргэн ылсыһан үлэлэһэрэ олус хай5аллаах суол. Бу да сырыыга Григорий Григорьевич, Светлана Михайловна Дьяконова, Агафья Габеевна, Василий Васильевич Полятинскайдар, Дария Алексеевна, Юрий Викторович Гуляевтар дьиэ кэргэттэрэ о5олоругар сахалыы тыыны иҥэриигэ ураты үчүгэй сыһыаннаахтара көстөн та5ыста. Онон, кинилэргэ уонна бу күрэххэ о5олорун бэлэмнэспит бары төрөппүттэргэ, күрэҕи тэрийсибит киһи быһыытынан улахан махталбын тиэрдэбин.
Олонхо тылынан төрөөбүт тыл алыптаах кэрэтин, этигэнин, ойуулуур – дьүһүннүүр кыа5ын сайыннарар күүһүн туһанан сахабыт тыла тыыннаах буоларын туһугар өссө да үлэлиэҕин, оҕолорбутун сайыннарыаҕын диэн бу сурукпун түмүктүүбүн.
Матрена Килижекова. Н.Х.Дьяконов аатынан
Тыайа орто оскуолатын төрүт культура учуутала
Олонхону толорууга, хомус күрэҕэр 3-с кылаас үөрэнээччилэрэ 10-с кылаастар
маҥнайгы миэстэлээх-ахсыс
кылаас үөрэнээччитэ –
Надя Дьяконова
Айдыына Дьяконова, 1 кылаас олонхо толорооччулара
Арылхан Сыроватскай,
Алина Дьяконова |