Аар хатын минньигэс сытынан
Ахтыбыт сурэхпин угуттуу,
Куорэгэй ырыатын абынан
Корсуьэр дойдубун уруйдуу,-
Мин кэлэн турабын уйаргыы,
Торообут алааспар «Эбэбэр»…
-
Н.Х.Дьяконов аатын сугэр Тыайа орто оскуолатыгар ахсынньы 21 кунугэр экономическай наука кандидата, бодон общественнай, государственнай деятель Н.Х.Дьяконов торообутэ 90 сылыгар аналлаах тэрээьин буолла. Бу тэрээьиннэ араас хайысхалаах улэ ыытылынна. «Обугэ угэьэ - уорэхтээьин эйгэтигэр» диэн тогурук остуолга ынырыылаах ыалдьыттар - историческай наука этнография5а салаатын доктора Е.Н.Романова, историческай наука кандидата Е.П.Антонов, Брюссель конул университатын преподавателэ, стажер Метью Ванохонекер, улуус оскуолаларын уорэнээччилэрэ, учууталлара кыттыыны ыллылар.
Тогурук остуол тематын сурун ойдобулэ - биьиги улууспутугар обугэ ойдобулун о5ону иитиигэ туьаайыы. Бу туьаайыыга улууспут интеллигенциятын тус оло5о утуо холобурунан Назар Харлампьевич Дьяконов уонна Федора Ивановна Никонова дьиэ кэргэттэрэ буолар. Кинилэр 5 о5олоро учуонайдар: Михаил Назарович - математическай наука кандидата, Харлампий Назарович – экономическай наука доктора, Юлия Назаровна – филологическай наука кандидата, Наталья Назаровна – историческай наука доктора, Екатерина Назаровна – историческай наука этнография5а салаатын доктора.
Бу дьиэ кэргэн о5ону иитиигэ утуо угэстэрин туьунан ыытааччы Архипова Е.Я. билиьиннэрдэ. Мантан салгыы кэлбит ыалдьыттар иьитиннэрии онордулар:
- «Интеллигенция нэьилиэк оло5ор, кэнчээри ыччакка оруола» - историческай наука доктора Е.Н. Романова.
- «Торуччуну уорэтии суолтата» - историческай наука кандидата Е.П.Антонов.
Форумна кытта кэлбит о5олортон Сииттэ орто оскуолатын уорэнээччитэ Куннэй Захарова «В.Е.Колмогоров уонна Н.Х.Дьяконов алтыьыылара» диэн доклад суруйбут.
Саханы аан дойдуга аатырдыбыт, кини оло5ун философиятын, итэ5элин чыпчаалын кордорбут олонхо буолар. Олонхо - остуоруйа. Остуоруйа5а баар – сырдык олоххо ыра санаа5а, урдуккэ, кэрэ5э тардыьыы, сиэрдээх буолууга сирдээьин. Ыытааччы филологическай наука кандидата Ю.Н.Дьяконова «Фольклор Русского Устья» улэтиттэн билиьиннэрии онордо, бэйэтин улэтин опытыттан кэпсээтэ.
Норуот биир уратытынан буолар кини мындыр ойдоохторо, сатабыллаах илиилээхтэрэ. Хас биирдии улуус торообут дойдуларын суон сура5ырдар, аар саарга аатырдар тумус туттар ураты дьо5урдаах дьоннордоох буолар.
Кинилэр тустарынан Куокуй орто оскуолатыттан Азарова Майя эбэтин Мария Николаевна Азарова туьунан «Комус тарбахтаах норуот талба талааннаа5а», Дьяконова Валя, Яковлева Влада – Уран тарбахтаах Гуляева Матрена Афанасьевна. Новгородова Элина Гуляева Ольга Ивановна, Лазарева Ирина Давыдовна тустарынан «Биир дойдулаахтарбыт норуот маастардара» диэн бэрт интэриэьинэй улэни а5албыттар.
Быйыл Ил Тумэн уонна Тыа Хаьаайыстыбатын министерствотын бигэргэтиитинэн, тун былыргыттан минньигэьинэн аатырбыт собобут Кэбээйибит брендэ буолан, «Чаран» ТХПК тыа хаьаайыстыбатын «Кэбээйи собото» уонна «Ньидьили собото» диэн аттаах патент ылла. Бу тема5а сыьыаннаах иьитиннэриилэри Кальвицаттан учуутал БаишеваЛ.А. «Кальвица биллэр балыксыттара», Чагдаттан Ноговицына Милена «Динамика морфологических признаков карасей из озера Ниджилинского наслега и структура их популяции», учуутал Татаринова К.И. «Оптимальные условия для обитания пушных видов живущих в Кобяйском улусе» диэн докладтары аахтылар.
Киирбит улэлэри сыаналаатылар:
-историческай науцка этнография5а салаатын доктора Е.Н.Романова,
-историческай наука кандидата Е.П.Антонов
- Ньидьили орто оскуолатыттан А.С.Портнягина.
-Сангар гимназиятыттанМ.К.Эверстова.
-Куокуй орто оскуолатыттан – И.Г.Петрова.
-Тыайа орто оскуолатыттан М.Г.Полятинская.
Улэ тумугунэн, Кэбээйи улууьун интеллигенциятын туьунан матырыйааллары хомуйууга, о5о сайынны сынньаланын кэмигэр дьикти идэлээх дьоннор улэлэринэн лаа5ырдары тэрийиигэ, хаьыакка суруйуу, брошюра таьааран нонуо улэ опытын сырдатыыга быьаарыы ылылынна. |