«Музыка барыбытыгар» бырайыак оскуолаларга киириитэ
Иьитиннэрэр, кордорор технология сайдан истэ5ин аайы, о5о олус элбэх информацияны хомуйар. Мантан билиигэ туттар сонунтан ураты туьалаа5а а5ыйах курдук, онон билинни бутуурдаах кэмнэ ардыгар о5о туох да сыала-соруга суох буолар кэмнэрдээх. Онтон кэрэ5э кыттыспыт киьи куьа5аны онорбот. Улахан боьуолэктэргэ искусство оскуолалара баар эбит буоллахтарына, кыра нэьилиэктэр аайы о5о анаан дьарыктанар оскуолалара баар буолбатахтар. Кыра оскуола учууталлара бэйэлэрин кыахтарынан дьарыктыы сатыыллара элбэ5и биэрбэт. Онон, «Музыка барыбытыгар» бырайыак оскуола5а киирэрэ улахан туьалаах.
Онон да сиэттэрэн, республика5а «Музыка барыбытыгар» бырайыак са5аламмытын биьиги оскуолабыт салалтата соптоо5унэн аа5ан, куьуннэттэн бэлэмнэнии улэтин са5алабыта. Бу бырайыагы хайдах улэлэтиэххэ собун туьунан музыка уонна торут культура учуутала Матрена Павловна Килижекова, директоры уорэх чааьыгар солбуйааччы Азалия Петровна Аргунова, иитэр улэ5э солбуйааччы Саргылаана Афанасьевна Старостина буолан субэлэьэн методическай холбоьуктар салайааччыларын кытары семинардары, кылаастар салайааччыларын кытары тороппуттэргэ, уорэнээччилэргэ билиьиннэриилэри, алын суьуох кылааска уруогу таьынан куруьуох быьыытынан киллэрэн улэлээьини тэрийэн барбыттара.
Хайа ба5арар улэ дирин ис хоьоонноох буолла5ына утуо тумуктэри а5алара биллэр. Ол да курдук, ыытыллыбыт улэ тумугун Дьиэ кэргэн кунугэр аналлаах тэрээьиннэргэ кордубут уонна олус биьирээтибит. Матрена Павловна бу кун тэрээьиннэрин ыытыыга Иван Романович Петров 100 сааьын корсор уонна бырайыак программатын билиьиннэрэр курдук бэйэтин идеятын киллэрбитэ. Дьаныардаах, эппиэтинэстээх, улэтигэр бэриниилээх учуутал эрдэттэн оскуола уорэнээччилэригэр кимнэ туох музыкальнай инструмент баарынан уорэтиини са5алаан барбыта. Кылааьы тумэн олорон уорэтэргэ чэпчэки буоларын курдук, блок - флейта ылларыыны ко5улээбитэ, суьуохтэринэн арааран хор бэлэмнээбитэ. Дьиэ кэргэн кунугэр музыканы эбии киллэрэн бэрт сонун кылаас чаастара, уруоктар буолуталаатылар. Ол курдук, 2-с кылааска тороппуттэр «Кэрэ кэскил кыраайбын Кэбээйибин таптыыбын» диэн ааттаах метапредметинэн уруогу сэргээтилэр. Манна И.Р.Петров бу хоьоонун ырыа гынан улууспут гимнигэр тиэрдибит Серафим Павлов матыыбын Иван Иванович Борисов толоруутун иьиттилэр, торообут дойдуларын айыл5атын ырыттылар, айыл5а матырыйаалларынан хартыына таьаардылар.
9-с кылааска английскай тыл учуутала В.Н.Гуляева библиотекарь З.Н.Дьяконованы кытары «Ньургуьун – олоххо тардыьыы бэлиэтэ» диэн сэргэх уруогу ыыттылар. «Тон буору тобулан тахсар» ньургуьун киьи олоххо корсор ыарахаттары тулуйарыгар ко5улуур куустээ5ин тоьо5олоон бэлиэтээтилэр.Бу кэннэ о5олор информатика учуутала А.А.Томскаяттан «Редактирование музыки на примере песни «Кэбээйи»» теманан сонун билиини ыллылар. 11 кылааска А.И.Иванова поэт хоьооннорун ырыа гынан тар5аппыт мелодистар тустарынан уруогар Сахая Тарасова Матрена Павловна салайан чинчийбит улэтин билиьиннэрдэ. М.Т.Попова чэпчэки атлетика5а музыканы туьаныы уруогун ыытта. Бу кэнниттэн конференция дьоьуннук туттубут, оро кууруулээхтик кыра кылаас уорэнээччилэрин хорунан са5аланна. Н.Макарова «Ийэ баар буолан», М.Аянитова «Сиргэ эйэ куннээтин» ырыаны биир киьи курдук тэннэ, толорбуттарын корор олус учугэй. «Музыка барыбытыгар» республиканскай проект сыалын – соругун, ис хоьоонун, директоры уорэх чааьыгар солбуйааччы А.П.Аргунова сиьилии билиьиннэрдэ. Тыас киьиэхэ утуо – моку дьайыытын, музыка киьи уйул5атын хайдах хамсатарын туьунан социальнай педагог В.В.Федорова кэпсээтэ. Биьиги оскуолабытыгар программа киириитин, туох улэ ыытыллыахтаа5ын туьунан бу проегы иилээн-са5алаан ыытар киьибит Матрена Павловнаттан иьиттибит. Атын дойдулар холобурдарын а5алан туран, бу проект нонуо тороппут, о5о тугу ситиьиэн собун быьаарда. Сааскыттан са5алаан уорэппит кыра кылааска уорэнэр о5олоро Аманатова Айыына, Дьяконова Сайыына, Кондакова Варя блок - флейта5а бастакы хардыыны онорбуттарын бары да5аны хайгыы кордубут. 6-с кылаас уорэнээччилэрэ Дора Архипова, Сеня Лугинов Л.В. Бетховен «Ода к радости» оонньоон иьитиннэрдилэр, 7-с кылаас уорэнээччитэ Саша Лугинов гитаранан до5уьуоллаан Айыы Уолун «Ыллаа, гитарам» ырыатын олус учугэйдик толорбутун астынныбыт, 11-с кылаас уорэнээччитэ Айысиэна Полятинская синтезаторга классическай музыкалары толорбутуттан уордубут. О5олорбут кылгас кэм иьигэр дьо5урдара биир корунунэн элбээбитин, талааннара аьыллыбытын, бириэмэлэрин сопко аттаран эбии дьарык булуммуттарын, дьоьун ситиьиилэммиттэрин хай5аатыбыт. Тумугэр, орто уонна улахан кылаас уорэнээччилэрэ А. Калинискай матыыбыгар «Уорэх кыьата», Н.Макарова матыыбыгар, Уйгу тылларыгар «Оскуолам чуораана» ырыаларын хорунан толорбуттара барыбытын уйадытта, олус астыннарда.
О5о эрэ барыта музыкальнай инструменна бэйэтэ ба5аран туран дьарыктанар буолбатах. Онон, музыкальнай инструменна оонньуурга уорэнии уорэх программатыгар киирэрэ соптоох, то5о диэтэххэ, уорэнээччи талбыт инструменыгар сорук оностон оонньуурга уорэнэрэ туьаны эрэ а5алыа. Арай биир итэ5эьи коробун, республиканскай диэн ааттаан са5аламмыт бу проекка хомус курдук, аан дойдуга тар5аммыт инструмент бол5омто5о ылыллыбатах. Хомусчут Петр О5отоойоп хомуьу классическай инструменнарга киллэрэрин туьунан ункууьут Артемьев суруйбута баар. Кини Петр О5отоойопко дьарыктанарыгар хомуска омукпут ураты танаьынан буолбакка, классическай костуумнэрин кэтэн, хаалтыстарын иилинэн туран оонньуулларын ахтар. Бу элбэ5и этэр ойдобул. Хомус саха киьиьин биир утуо аргыьа буолла5а. Хомуьунан атын ханнык да5аны матыыбы таьаарар инструмент курдук эмтэниэххэ да соп диэн быьаараллара, норуот эмчиттэрэ туьаналлара баар суол.
Маны этэн туран, бу проекка оскуола бэйэтин коруутунэн омук фольклоруттан талан уорэтии киириэн соп эбитэ буоллар диэн ба5а санаалаахпын. Оччотугар музыка5а анааан уруогу таьынан дьарыкка бэриллэр 2 чаастан бииригэр о5о торут омугун ураты матыыптарын уорэтиэ этэ.
Алын суьуох кылаас уорэнээччилэрин хора
Орто, урдуку кылаас уорэнээччилэрэ
Блок - флейта5а бастакы хардыы
Айысиэна Полятинская синтезаторга оонньуур.
Алын суьуох кылаас учуутала Архипова Е.Я.
Н.Х.Дьяконов аатынан Тыайа орто муниципальнай оскуолата.
|