«Музыка барыбытыгар» республикатаа5ы бырайыак биьиги оскуолабытыгар айыл5аттан кэрэ эйгэ5э талба талааннаах, музыка уонна торут култуура учуутала Матрена Павловна Килижекова салалтатынан бэрт сэргэхтик уонна диринник ылыныллан улэлиир. Ол курдук, бырайыак бастакы са5аланыа5ыттан диринник ылсан улэлээн, республика таьымнаах тирэх оскуола буолар кыа5ы ылбыта уонна 2015 сыллаахха бастакы улуустаа5ы «Музыка барыбытыгар» семинар урдук таьымнаахтык тэриллэн ыытыллыбыта.
Онтон быйылгы уорэх сылыгар тэтими ыьыктыбакка, оскуолабыт учууталларын кууьунэн «Музыка барыбытыгар» бырайыак иьинэн оссо «Мандар уруьуйдьуттарабыт» бырайыагы холбоон олус интэриэьинэй семинар буолан ааста. Семинарга Култуура уонна искусство Арктикатаа5ы институтун «Музыковедение» салаатын уорэтэр В.Е.Дьяконова уонна бу институт живопись уонна графика хайысхатын студена Нучеканов С.С. ынырыылаах ыалдьыт буолан кыттыбыттара ордук сэргэхситтэ. Семинар оскуолабыт Матрена Павловна салайар хорунан, флейтистарынан уонна алын суьуох кылаас о5олорун хоьоон аа5ыыларынан са5аланна. Бу кэнниттэн пленарнай чааска директоры уорэх чааьыгар солбуйааччы А.П.Аргунова «Музыка барыбытыгар» бырайыак билинни кэмнэ суолтатын, онтон директоры иитии чааьыгар солбуйааччы Старостина С.А. уруьуй о5ону сайыннарар эйгэтин, М.П.Килижекова музыка республикатаа5ы форумун туьунан иьитиннэрдилэр. Салгыы «Кэнчээри» о5о саадын иитээччитэ А.А.Иванова илиинэн оноьуллубут ураты музыкальнай инструменнары кордордо. Куокуй нэьилиэгин оскуолатыттан «Музыка дьиэ кэргэннэ» диэн бэрт сэргэх дакылааты Спиридонова С.А. Еремеева Р.К. Павлова А.С. нэьилиэктэрин ылба5ай ырыаьыт дьиэ кэргэттэрэ оскуоланы, детсады, нэьилиэги кытары ыкса сибээстэьэн улэлииллэрин, улахан дьону, о5олору уьуйалларын туьунан кэпсээн дьон бол5омтотун тартылар. АГИКИ преподавателэ В.Е.Дьяконова «Табык - легендарно- мифологический мембранофон якутов» диэн теманы кэпсээн, урут билбэтэх ойдобулбутун кытта билиьиннэрдэ, АГИКИ туьунан видео – ролик кордорон, мустубут дьон, о5олор интэриэстэрин тарта.
Мантан салгыы, «Айыы бала5аныгар» музыка уьуйааччылара Кэбээйиттэн «Сардаана» детсад иитээччитэ Сыроватская А.М. «ИММИ» ньыматынан о5ону уорэтиигэ бол5омтотун уурарын иьиттилэр. Сангаар гимназиятын учуутала Потапова С.И. музыканы коллективынан толорууну уорэтиигэ сана ньыматын кордордо. Тыайа оскуолатыттан М.П.Килижекова ложканан ансамбыланан оонньуурга уорэтиигэ опытын атастаста. АГИКИ уьуйааччыта В.Е.Дьяконова оркестры хайдах салайарын туьунан билиьиннэрдэ. Эдэр, кэскиллээх учууталбыт В.В.Килижеков «Музыка барыбытыгар» бырайыагы биьиги оскуолабытыгар хайдах улэлэтэллэрин туьунан сырдатта. Куокуй оскуолатыттан Унарова С.Н., Павлова А.П., Павлов Б.И. «А.Калининскай Выпускниктарга ырыалара», ГуляеваО.И.,Сметанина Т.А. «А.Калининскай патриотическай ырыалара» диэн теманан маастар кылаас ыыттылар. Бу кэнниттэн В.Е.Дьяконова «Sibelius» нотанан оонньуур программаны уорэттэ.
«Мандар уруьуйдьуттара» маастар кылаас оскуола5а ыыттылынна. Манна АГИКИ живопись уонна графика хайысхатын студена Нучеканов С.С. натюрморду хайдах уруьуйдуурга уорэттэ, бэйэтэ улэ кэмигэр уорэнээччибит портретын уруьуйдаата. Сангаар гимназиятыттан учуутала Я.И.Сметанин прорезной уруьуйу технология уруогар ыытар ньыматыгар уорэтэн бары панно онордулар. Биьиги оскуолабытыттан Е.Г.Старостин тургэнник уруьуйдуур ньыманы кордорон, ыалдьыттарбытыгар олус учугэй хартыыналары таьаартарда. И.А.Обутова скрапбукинг диэн билинни кэмнэ открыткалары онорор хайысхатын билиьиннэрдэ. М.И.Аргунова фоамиранынан оноьуктары о5олорго уорэтии ньымаларынан интэриэьиргэттэ. Дьячковская Т.О.дудлинг техникатын кэпсээтэ, улэтин опытыттан бэрт интэриэьинэйдик билиьиннэрдэ, эдэр коллегабыт баай сатабылын о5олорго тиэрдэрин хай5аатыбыт. Бу семинар биир утуо уратытынан биир дьиэ кэргэнтэн 3 прикладной искусство уьуйааччылара кыттыбыттара буолар. М. Я. Гаврильева кыра о5олорго кумаа5ыны имитэн, кырааскалаан хартыына таьаарарга, Е.Я.Архипова уруьуй уруогар метапредмети киллэрии, уонна М.Я.Дьяконова туойунан хартыына оноруу ньыматыгар уорэттилэр.
Семинар кэмигэр «Тумсуу» сынньалан киинигэр учууталлар уонна о5олор уруьуйга быыстапката дьон-сэргэ сэнээриитин ылыан ылла.
Киэьээ «Сиргэ Эйэ куннээтин!» диэн общественность, оскуола уорэнээччилэрэ уонна учууталлар куустэринэн улахан концерт тэрээьини тумуктээтэ. Кэлбит ыалдьыттарбыт семинары астыммыттарын, элбэххэ уорэммиттэрин туьунан астына бэлиэтээбиттэрэ, биьигини оссо урдук таьымннаахтык, айымньылаахтык улэлиирбитигэр ко5улуур куус, санаа кото5уутэ буолла.
Семинар ситиьиилээхтик ааспыта оскуолабыт директоры уорэх чааьыгар солбуйааччыта А.П.Аргунова, директоры иитэр улэ5э солбуйааччы С.А.Старостина сатабыллаах салайыыларын тумугэ буоларын бэлиэтиибит уонна сыралаах улэ5ит инникитин да5аны санаттан сана, сонун толкуйу са5а турдун диэн ба5а санаабытын тиэрдэбит. Ыалдьыттарбытыгар В.Е.Дьяконова5а уонна С.С.Нучекановка кэлэн семинарбытын сэргэхсиппиккитигэр бар5а махтал аныыбыт, айымньылаах улэ5ит ситиьиилээх буола турарын туьугар чол туруктаах буоларгытыгар ба5арабыт.
Н.Х.Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын учууталларын уонна үɵрэнээччилэрин хора
М.П.Килижекова салайар флейта ансамбла
АГИКИ преподавателэ В.Е.Дьяконова
Ыалдьыппыт АГИКИ студена Нучеканов С.С. уруhуйдуурга уорэтэр.
Сонун ньымаҕа үɵрэнии
Я.И.Сметанин кумааҕыны быьан хартыына оноттордо
Е.Г.Старостин уруьуйга үɵрэтии сонун ньымата
М.Я.Дьяконова туойунан хартыына таьаартарыытын тумугэ
Yɵрэтээччилэр үɵрэнэллэр
Архипова Е.Я.
Н.Х.Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын
алын суьуох кылаас учуутала. |