МБОУ "Тыайинская СОШ им. Н.Х. Дьяконова"
Меню сайта

Форма входа

Календарь
«  Февраль 2013  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728

Архив записей

Друзья сайта

Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Приветствую Вас, Гость · RSS 25.11.2024, 11:29

Главная » 2013 » Февраль » 20 » Ийэ тыл күнүгэр
05:46
Ийэ тыл күнүгэр

                    


Ийэ тыл күнүгэр

 Сылын аайы, биһиги оскуолабытыгар саха тылын күнэ үчүгэй тэрээһиннээхтик ыытыллар. Маны барытын тэрийэр, бэлэмниир үлэни, биллэн турар, саха тылын учууталлара Саргылана Афанасьевна Старостина, Людмила Куприяновна Полятинская оӊороллор.  «Поэзия алыптаах түһүлгэтигэр» саха тылын күнүгэр аналлаах литературнай аа5ыы бу да сырыыга үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Дьоро күн маӊнайгы чааһыгар биир дойдулаах суруйааччыларбыт олохторун,  айар үлэлэрин үөрэтэр- чинчийэр сыаллаах, ( кылаастарынан аттаран) оӊорбут үлэни көмүскээһин (презентация) ыытылынна. О5олор суруйааччылар, поэттар - Григорий, Иосиф Кобяковтар, Прокопий Степанов, Иннокентий Левин, Василий Иванов, Иван Егоров о.д.а. биир дойдулаах талааннаах дьоннорбут тустарынан кэпсээтилэр, хоһоон аахтылар, ырыа ыллаатылар. Оӊорбут үлэни көмүскээһиӊӊэ ордук үчүгэйдик 7, 11 кылаастар үлэлэспиттэрэ көстөр. «Поэзия алыптаах түһүлгэтигэр»  6; 7; 10 кылаас кыргыттара Суоһааны, Дьүрүскээнэ, Саргы –Куо , Варвара Потапова  хоһооннорун аахтылар. О5олор  хоһоону  үөрэтиигэ олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыттара  көстөр. Сорохтор урукку моһуоннаах, сорохтор сахалыы тупса5ай былааччыйаны сайбаччы кэтэн, туттан- хаптан, сирэй –харах оностон, аа5ар хоһооннорун интонациятын сахалыы музыка тэтимигэр сиэттэрэн, хоһоон алыбыгар уйдаран иэйэ- куойа тураллара- туох да эриэккэс көстүү. Лия Дьяконова (7 кылаас), Иванна Кондакова (7 кылаас), Айна Софронеева (7 кылаас), Сахаайа Тарасова (10 кылаас)   хоһоон аа5алларыгар көрөөччү барыта  поэзия дьикти күүстээх алыбыгар куустарда диэтэхпинэ,  омуннааһын буолуо суо5а дии саныыбын.  

Мантан сиэттэрэн,  2 сыллаа5ыта биһиэхэ, Владимир Федоров үбүлүөйдээх мероприятыгар кыттаары, эмиэ маннык хоһоон түһүлгэтэ тэриллибитин санаан кэллим. Онно нууччалыы хоһооннору, эмиэ музыка фоннаан, өр ба5айы бэлэмнээн ыыппыттаахпыт.  Ол мероприятие, нуучча тылын учуутала А.П.Аргунова салайан, бүтүн оскуола барыта саба түһэн, эмиэ олус үрдүк таһымнаахтык ааспыта.

Биһиги бөһүөлэкпит үгүс биллиилээх дьон тахсыбыт бөһүөлэгэ. Олор сыдьааннара ыччаттарбыт сырыттахтара.  Кинилэргэ маннык сырдыгы са5ар, элбэххэ, кэрэ5э үөрэтэр учууталлардаахпытыттан үөрүөх эрэ тустаахпыт.  Элбэ5и эппэккэ эрэ коллегаларбар туппуттара тупсан, санаабыттара сатанан истин диэн алгыс тылбын аныыбын. Оттон бу күн мин уйа5ас дууһам кылын кылыкынаппыт үөрэтэр о5олорбор суруйбут хоһооммун аныыбын…


Бу тугуй?
Кыһыӊӊы кырыктаах ордуос тыал
Кыланар, чыскыйар, хаары ытыйар,
Барыны бары сабыта сынньымахтыыр
Чысхааннаах биир тымныы күнүгэр
Саас кэлбит дуу, тугуй?
Бу тугуй?
Хомо5ой хоһоону сааһылаан ыпсарбыт
Хоһоонньут кыргыттар биир сиргэ түмсэннэр,
Поэзия ыһыа5ын түһүлгэтигэр
Дууһаны долгутар иэйиилээх тылларын
Кылыгар оонньууллар дуу, тугуй?
 
 Суох до5оттоор,  саас кэлбэтэх…
Бу кыра кыргыттар  иэйбиттэр…
Суоһааны, Саргы – Куо, Дьүрүскээнэ тылларынан
Поэзия ута5ын сүрэхтэриттэн сыыйан
Бар дьоӊӊо итинник тиэрпиттэр…

 

М.П.Килижекова. Н.Х.Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын 

төрүт культура, музыка учуутала, 
музей куруһуогун салайааччыта. 
Кэбээйи улууһа.

Просмотров: 731 | Добавил: sckola | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Имя *:
Email *:
Код *:
Copyright MyCorp © 2024
Сделать бесплатный сайт с uCoz