Ойтон суруйуу
Мин ийэм
Мин ийэм аата Галина Семеновна. Кини оскуола5а улэлиир. Дьиэбитигэр ийэбин кытта бурдук ас буЬарабыт, иЬит сууйсабын, дьиэ хомуйсабын, иистэнэбит. Кини миэхэ уруок аа5арбар комолоЬор, танас сууйар, остуоруйа кэпсиир. Ийэм миэхэ кинигэ, оонньуур, минньигэс атыылаЬар. Ийэбин кытта куруутун бэЬиэлэй ба5айы. Кини иистэнэин, ас буЬарарын собулуур
Мин ийэбин наЬаа куускэ таптыыбын, кини олус кыраЬыабай, куруутун уорэ-кото сылдьар.
Вилена Васильева, 1 кылаас уорэнээччитэ
Мин ийэм
Мин ийэм туьунан кэпсиэхпин ба5арабын. Кини аата Анна Егоровна. Ийэм оскуола5а учууталлаабыта, билигин балтыбын керен олорор.
Ийэм кинигэ аа5арын себулуур, ол иьин элбэ5и билэр. Дьиэ5э улэбин толорорбор кемелеьер, быьаарар. Кини ас астыырын себулуур. Ийэм аьыттан саамай ордорорум – торт. Мин эмиэ тэннэ астаьабын. Ийэбэр куруук кемелеье сатыыбын: дьиэ хомуйабын, балтыбын керсебун.
Мин ийэбин кытта сылдьарбын олус таптыыбын. Биьиги иккиэн остуоруйа айабыт, таабырын толкуйдуубут. Сайын айыл5а5а сылдьарбытын себулуубут: велосипедынан хатааьылыыбыт, дьэдьэнниибит, тэллэйдиибит, оонньуубут. Ийэм миигин о5уруо тиьэргэ, тимэх тигэргэ уерэппитэ. Хас бырааьынньык аайы киниэхэ дьэрэкээн открытка онорон уердэбин. Ийэм мин бэлэх открыткаларбын, уруьуйдарбын мунньан иьэр.
Кун-кубэй ийэбин куускэ-куускэ таптыыбын, ыалдьыбакка уерэ-кете сылдьарын ба5арабын.
Нарыйа Никонова, 1 кылаас уерэнээччитэ
Мама милая мама
Моя мама мне самая лучшая подруга, потому что она может дать совет и помочь мне в любое время. Вместе с мамой нам нравится гулять на улице, играть с братиком, кататься на велосипедах и делать уроки. Хочу, чтобы мама всегда покупала мне сладости, красивую одежду и игрушки. Мама каждый праздник дарит мне и моему брату подарки.
Моя мама самая добрая и красивая. Она работает учителем в школе. Мы вместе с ней делаем уроки, она мне всегда помогает, после уроков всегда приходим вместе домой. Я люблю свою маму, и она меня любит.
Моя мама умеет вкусно готовить. Любит стирать и убираться по дому. Я похожа на маму характером. Если мама меня о чем-нибудь просит, то я все для нее делаю и во всем ей помогаю. Мы вместе моем посуду, я помогаю ей смотреть за братиком.
Мама, я желаю тебе счастья и крепкого здоровья. Хочу, чтобы ты была всегда со мной. Хочу, чтобы никто в нашей семье никогда не болел. Спасибо, что ты у меня есть.
Арианна Полятинская, ученица 1-го класса
Мама милая моя
Мою маму зовут Акулина Ильинична Дьяконова. Она работает в школе учителем. Мама моя очень красивая, умная, добрая. Она меня и своих учеников учит быть добрыми, не делать плохого.
Мама очень любит готовить. Каждое воскресенье я помогаю маме делать пирожки и тортики. Летом мы всегда всей семьей ездим на шашлыки, на рыбалку. Мама делает очень вкусные шашлыки. Мы очень любим природу и всегда ездим на экскурсии, собирать ягоды, гербарии. И там всегда делаем фотосессию. Мама научила меня фотографировать. В лесу я фотографирую деревья, птицы, цветы на полях, грибы. Этой осенью я с мамой на берегу озера увидели и сфотографировали журавлей. Это было очень красиво.
Мама всегда мне помогает читать уроки, вечером читает сказки. Я с сестрой очень любим слушать сказки и смотреть мультики. Мама с нами вместе играет в шахматы, шьет для кукол разные красивые платья. Моя мама любит вышивать. У нас в доме много картин, которые мама сама сделала. Я с мамой сделали лоскутками тканей картинку нашего будущего дома. Мама еще занимается топиарием. Делает разные красивые деревья и дарит бабушкам, подругам и сестрам.
Во время каникул мы ездим в город Якутск. Там мама показала мне все музеи, ходим в цирк и на концерты. У меня есть автографы знаменитых певцов.
Мы все любим ездить на машине. С мамой и папой летом поехали на машине в город. По пути мы увидели много красивых мест и поселков нашего улуса. Мама мне рассказала названия поселков. Я узнала много интересного.
Я очень люблю свою маму. Хочу, чтобы она не болела, всегда смеялась и радовалась.
Регина Полятинская, ученица 1-го класса
Мин маамам
Мин маама аата Туяра Анатольевна. Кини «Почта России» бухгадтерынан улэлиир. Маамабын улэтиттэн кэлэрин куутээччибин. Маама кэллэ5инэ ас астыырга, бырааппын керерге кемелеьебун. Сынньаланмытыгар биьиги дьиэнэн парка5а, араас сана сирдэргэ сылдьааччыбыт. Маамам биьиэхэ киинэ кердерер, остуоруйа кэпсиир уонна бары уруьуйдааччыбыт.
Мин маамабын наьаа таптыыбын. Кини куруук уерэ-кете сылдьыан ба5арабын.
Эрхан Дьяконов, 1 кылаас уерэнээччитэ
Мин ийэм аата Полина Егоровна
Ийэм наьаа кыраьыабай. Учугэй ба5айы харахтаах, уьун баттахтаах. Миигин ийэм таптыыр, минньигэс ас астыыр. Ордук ийэм онорбут салаатын себулуубун. Мин ийэбин таптыыбын.
Алина Дьяконова, 2 кылаас уерэнээччитэ
Мин ийэм аата Наталья Александровна
Ийэбин куускэ таптыыбын. Кини кыраьыабай, киэн харахтаах. Мин ийэм курдук буолуохпун ба5арабын. Ийэм собону, сордону, макарону наьаа минньигэстик астыыр.
Айдыына Дьяконова, 2 кылаас уерэнээччитэ
Моя мама
Я ее очень люблю. Она для меня, как солнышко. Ведь недаром говорят: «При солнышке – тепло, при матери – добро». Так и моя мама. Она согревает нас своим теплом и добротой. Мамочка никогда не сидит без дела. Да и как тут посидишь! Ведь у нее много дел!
Но мама любить шить, готовит и убирать. Как плохо без мамы знает каждый, особенно если ее долго не бывает с нами. Ближе матери нет никого и никому ты не будешь так дорог, как своей маме.
Я люблю тебя, мамочка моя!
Саргы Полятинская, ученица 3-го класса
Мин ийэм – миэхэ кунду киьим
Мин ийэм аата Нюргуяна Петровна Дьяконова. Кини Чурапчы оройуонугар тереебутэ. Кини 44 саастаах. Кини 1993 сыллаахтан Тыайа5а балыыьа5а биэлсэринэн улэлиир. Мин ийэбин олус куускэ таптыыбын. Мин киниэхэ дьиэ сууйарга, быыл соторго, танас сууйсарга кемелеьебун. Мин ийэм кырасыабайдык таннарын себулуур.
Себулуур ене – кыьыл. Саас буолла5ына дьиэ таьын иккиэн хомуйабыт, мин бех таьааччы буолабын. Мин ийэбин кытары Харыйалаахха хапта5астыы бара сылдьыбыппыт. Ийэбинээн 2 биэдэрэни толорбуппут. Ийэбэр кемелеьен сайын о5уруокка уу кэллэ5инэ уу кутуьабын. Куьун хортуоскабытын хостуубут иккиэн.
Улаатаммын дьиэ ис-тас улэтигэр барытыгар кемелеьебун. Мин ийэм миэхэ кунду.
Алгыстаан Дьяконов, 3 кылаас уерэнээччитэ
Кун кубэй Ийэкээм.
Ийэ – саамай кунду киьи буолар. Ийэ биьиэхэ олох бэлэхтээбитэ. Кини баар буолан биьиги уорууну, дьолу билэбит, бу сиргэ олоробут, дьоллоох о5о сааьы билэбит.
Мин ийэм саамай чугас киьим буолар. Аата Екатерина Аркадьевна диэн. Оскуола5а английскай тылы уорэтэр. Кыра кылаас о5олорун мунньан английскайдыы остуоруйа туруорар. Бастакы остуоруйабыт аата «Алладин» диэн Индия остуоруйатын кордорбуппут. Бу остуоруйа5а мин Абу диэн ааттаах эбисийээнэ буолбутум. Ийэм миигин английскайдыы санарарга уонна эбисийээнэ курдук ыстаналыырга уорэппитэ. Мастаахха республиканскай курэскэ кыттан иккис миэстэ буолбуппут. Бу остуоруйаны оскуолабытыгар биьиги учууталбыт тэрийэр «Норуоттар до5ордоьуулара» бырааьынньыгар кордорбуппутун наьаа астыммыттара уонна хай5аабыттара, ытыстарын ор ба5айы таьыммыттара.
Мин ийэм кинигэ аа5арын наьаа таптыыр уонна миигин кинигэтэ аах диир. Энциклопедия бо5о аа5абыт. Ийэм бураны, УАЗ массыынаны сатаан ыытар. Соро5ор наьаа газтыыр. Ону эьээм тохтотор, уорэтэр. Ийэбитин айыл5а5а сылдьарын собулуур. Дьонум до5отторо Гуляевтары кытта «Лунха» урэххэ сайын аайы сотуолуу барабыт. Онно араас оонньуу бо5о оонньотор. Куьун балтым Дайааналыын наьаа элбэх тэллэйи а5албыттара. Бары бииргэ ыраастаан, сууйан баран сиэбиппит. Оссо эьээлээ5и кытта бары бултуу барбыппыт. Онно кустаабыппыт, балыкттаабыппыт. Эьээм Анатолий собо уолбутэ наьаа минньигэс этэ.
Саас аайы ийэм дьонугар Булуугэ барабыт. Онно кулуупка киинэ, концерт коробут. Ийэм эбээбин кытта ас бо5о буьараллар, убаай Коля балыктыы илдьэ сылдьар. Ийэм дойдутун Булуу Чинэкэтин наьаа ахтабын.
Кини миигин таптыыр, буобэйдиир, иитэр – такайар. Кини мин саамай эрэллээх до5орум. Ийэм куруук комолоьор, субэлиир, уорэхтээх, билиилээх киьи буоллун диэн кыьанар. Мин бэйэбин дьоллоох киьинэн билинэбин. То5о диэтэххэ, кини мин аттыбар куруук баар. Сарсыарда бастакы уруоктаах буолла5ына оскуола5а бииргэ кэлэбит, кунус бииргэ барабыт. Переменаларга ийэбин кордохпунэ ахтыбытым ааьар курдук, наьаа уорэбин. Дьиэбэр ийэбэр иьит сууйан, муоста харбаан, балтыларбын корон комолоьо сатыыбын. Комолоспотохпунэ Ийэм сылайан баран ыалдьан хаалыа диэн куттанабын. Ийэм баар буолан дьиэм иьигэр ил, эйэ, минньигэс ас, куруук уоруу-котуу.
О5олоор, ийэ5итин таптааң, харыстааң, куруук уордуң – котутуң, кини мичээрэ күн кэриэтэ сылаас, сырдык. Мин ийэбин олус күүскэ таптыыбын.
Айаан Корякин, 4 кылаас уорэнээччитэ
Мин ийэм – мин чулуу киһим
Сир урдугэр олорор, олорон ааспыт икки атахтаах барыта ийэ диэн кимин билэн турдахтара буолуо. Оннооҕор көтөр – суурэр ийэ диэни билэр. Мин эмиэ ийэ диэн өйдөбулу көмускэ тэҥниибин.
Ийэм баар буолан мин кун сирин кэрэтин көрөн оонньуу – көрулуу сырытта5ым.Мин ийэбин олус диэн убаастыыбын. Кини миигин олох диэн өйдөбулу араастаан уэрэтэр. Ол курдук мин ийэм миигин хайдах курдук харыстыырын кылгастык олоҕум тугэннэриттэн сырдатыым.
Сарсыарда ахсын уорэнэ бараары утуйан турарбар ийэм минньигэс бэйэлээх ас бэлэмнээбит, таҥаспын өтууктээбит буолар. Оскуолаҕа барарбар куруутун сыллаан баран биирдэ атаарар. Дьиэҕэ улэбин сатаан аахпатахпына аттыбар олорон улэтин быраҕан туран субэлиир, көмөлөһөр. Бу тугэни ылан көрдөхпунэ ийэм миэнэ учуутал тэнэ кэриэтэ эбит.
Өрөбуллэр барахсаттар куутуулээх да куннэр. Мин ийэбинээн бу куннэргэ оностон олоронон иистэнэбит. Ийэм миигин иистэнэргэ, үтүлүк этэрбэс хайдах быһылларыгар уөрэтэр. Мин төһө да кыра кылааска уөрэннэрбин хайдах иистэнэри сатыыбын. Мин ийэм миэхэ бэйэбэр иистэнньэн бэрдэ тэнэ киһи.
Ол күүтүүлээх куннэрбитигэр бары балтым, бырааттарым ийэм буолан араастаан сасыһан, ардыгар эккирэтиһэн оонньуубут. Ийэм араас оонньуулары толкуйдаабыт, өссө ким кыайбыкка кэмпиэт игин кистээбит буолар. Ол эрэн, оонньуу бутэһигэр син биир бары кыайыылаах кэмпиэттээх буолан хаалабыт. Бу санаан көрдөххө, барыбытыгар кими да ордук хаалларбакка ирээттиир эбит. Мин ийэм миэхэ чугас дьүөгэм буолар. туох кыьал5алаахпын барытын кэпсэтэбит. Сорох сороҕор оскуолаттан оҕолору кытта кыратык иирсэн кэлэр куннэрдээх буолааччыбын. Ааммын арыйан киирдим да, ийэм сирэйбиттэн көрөн билэр. Оргууй ыныран киллэрэн бастаан уоскуйарым курдук аһатар, ол олорон араас субэлэри биэрэр. Соро5ор сыыһа гыммыт буоллахпына хаһан да мөхпөккө аны инник гымматым курдук быһаарар. Мин ийэм миэхэ санаабар саамай эрэллээх субэһит киһим.
Оҕо орой мэник дииллэрэ кырдьык, мин эмиэ мэниктиирбин олус сөбулуубун. Ийэм суох кэмигэр сыгынньах таһырдьа суурэн хааламмын ыалдьан хаалааччыбын. Оччо5уна ийэм барахсан айманар, балыыһаттан эмп булан аҕалан эмтиир. Түүннэри кыраадыспын бэрэбиэркэлиир, эмп иһэрдэр уонна сарсыарда син биир эрдэ туран аһын астаабыт, улэтин улэлээн бутэрбит буолар. Сотору - сотору кэлэн сыллыыр кууһар, санаарҕыыр курдук буолар да олох биллэрбэт. Онтон утуөрдэхпинэ бэйэтэ утуөрбут курдук олус диэн уэрэр-көтөр. Мин ийэм миэхэ бэйэтэ быраас тэҥэ киһи.
Кырачаан бырааттарым күнү быһа дьааһылаҕа сылдьаллар. Киэһээ кэлэн ийэлэригэр атаахтыыллар, көтөхтөрөллөр. Ийэм барахсан киэһээ сылайдар да, барыбытын сыгынньахтаан ороммутун бэлэмнээн утуталыыр. Утуйуохпут иннинэ остуоруйа кэпсиир. Араас дьикти остуоруйалары барытын истэбит. Сороҕор оннооҕор биһиги туһунан остуоруйалары онорон кэпсээн олус уөрдэр, сэргэхситэр. Мин ийэбин улуу остуоруйаһыт курдук саныыбын.
Онтон ол остуоруйа дойдутугар сылдьан баран утуйбатахпытына оргууй олорон ырыа ыллыы - ыллыы кыра бырааппын оронугар бигиир. Бу ийэбит иьирэх ырыаларын истэ сытан төрдуөн утуйан хаалабыт. Мин ийэм бэйэм санаабар аптаах ырыаһыт курдук .
Биһиги дьиэ кэргэн бырааһынньыктары биири да көтуппэккэ бэлиэтиибит. Хас бырааһынньык аайы ийэм ас арааһын астыыр. Тугу сиэхпитин баҕарарбытын барытын буһарар. Мин саамай сөбулээн буһаттарарым бэрэски буолар. Кини бэрэскитин сиэтэхпинэ санаабар ийэм барахсан саамай минньигэс астаах повар буолар.
Биһиги бииргэ төрөөбуттэр төрдуобут. Элбэхпит эрээри ийэбит барыбыт санаабытын табар, баҕарбыппытын онорор, куну быһа буэбэйдэһэр, танаспытын сууйар, кыраларбытын таҥыннаран дьааһыла5а илдьэр - аҕалар, оскуолаҕа атаарар - тоһуйар. Кини буолар, миэхэ саамай кун сиригэр куустээх киһи.
Мин санаабар, ийэм миэхэ саамай чулуу киһим буолар. Мин кинини көрөммун, киниттэн уөрэнэммин, субэлэтэммин кыыс оҕо бэрдэ буола улаатабын. Ийэбит барахсан биһигини хайдах курдук таптыырын көрөммут биһиги ийэ таптала диэни билэ сылдьабыт. Ийэбит биирдэ эмэ ыарыйдаҕына олус диэн хомойобут, кыһаллабыт, көмөлөһөбут. Оннооҕор кырачаан быраатым ийэтигэр сыттык аҕалан биэрэр, онтон улахан быраатым балтыбынаан уочаратынан ас илдьэн оронугар аһатааччылар. Мин ыал бастакы кыыһа буоларым быһыытынан, ийэбэр эмп илдьээччибин, иһит сууйабын, муоста сотобун, бырааттарбын көрөбун, уонна наар испэр ийэм саныырын курдук, мин ийэм барахсан утуөруө диэн санааланабын.
Санаабар дуу, кырдьык дуу биһиги ийэбитин төһөнөн куускэ таптыыбыт, көмөлөһөбут да, ийэбит соччоннон уөрэрэ - көтөрө өссө элбиир, уонна олох ыалдьыбат курдук буолар. Кырдьык дии саныыбын, таптал туохтааҕар да5аны, кимнээҕэр да5аны куустээх диэн. Ол иһин даҕаны ийэбит биһигини куускэ да куускэ таптыыра буолуо. Онтон биһиги бары ийэбитин таптаатахпытына ийэбит өөр да өөр олоруоҕа, уонна биһигини көрө, буөбэйдии, субэлии сылдьыа5а. Кини аттыбытыгар баарын тухары, хаһан да сыыһа быһыыны оноруохпут суоҕа, тулабытын, чугас дьоммутун, доҕотторбутун убаастыы улаатыахпыт. Куруутун ийэбит барахсаны кун курдук көруөхпут.
Мин бэйэм ийэбин хайдах курдук куускэ таптыырбын, бу курдук кылгастык арыйдым уонна оҕолор, бары ийэҕитин хайдах да буоллуннар төһө да, ыраах да, чугас да сырыттыннар, син биир убаастаан, сыаналаан, харыстаан, куускэ - куускэ таптааҥ. Тоҕо диэтэххэ, олох ийэҕэ тапталтан саҕаланар. Ийэ эбит, кимнээҕэр да, туохтаахар да кунду киһи. Ийэ оҕотугар тапталын хайдахтаах да элбэх карчыга да, көмус тааска да атыылаһан ылбаккын. Ийэ таптала айылҕаттан бэриллэр куус, ону сатаан туттуохха, таптыахха, убаастыахха эрэ наада.
Света Полятинская, 4 кылаас уорэнээччитэ
|