Биьиги оскуолабытыгар Билии күнүн үөрүүлээх линейката үрдүк таьымнаахтык ааста.
Бу күнү Кыайыы 70, Литература сылыгар, ону тэңэ оскуолабыт аатын сүгэр чулуу киьибит Назар Харлампьевич Дьяконов 95 үбүлүөйдүүр өрөгөйдөөх сааьыгар анаан ыыттыбыт.
Быйылгы үөрэх дьылыгар икки о5о киирдэ. Кырачаан үөрэнээччилэргэ оскуола дириэктэрэ И.С. Аргунов, олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта М.А. Полятинская эђэрдэ тыллары эттилэр, сэмэй бэлэх туттардылар. Оңой – соңой көрбүт кырачаан үөрэнээччилэри опыттаах, киэң билиилээх Полятинская Матрена Григорьевна үөрэ көрүстэ. Матрена Григорьевна үлэлээбитэ номнуо 37 сыла буолла.
Бастакы кууруулээх үөрэххэ ыңырар чуораанчыгы 11 кылаас бастың үөрэнээччитэ Наташа Аммосова уонна икки кырачаан кыргыттарбыт Айдыына Дьяконова, Сандаара Васильева лынкыначчы тыаьаттылар, саңа үөрэх дьыла са5аламмытын биллэрдилэр. Оттон бырааһынньыктаа5ы линейканы 9 кылаас үөрэнээччитэ Настя Аммосова уонна 11 кылаас үөрэнээччитэ Валера Слепцов, оскуола активистара иилээн-са5алаан ыыттылар.
Линейка кэнниттэн кылаас чаастара, хаартыска5а туьуу буоллулар.
Бары үөрэнээччилэри, учууталлары, иитээччилэри Билии күнүнэн итиитик-истинник э5эрдэлиибит уонна олоххутугар, үлэ5итигэр дьолу-соргуну, ситиһиилэри ба5арабыт!
|